Россияҕа учуутал уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Таатта улууһугар Үлэ сыллара биллэриллибитинэн,
Харбалаах бөһүөлэгэ төрүттэммитэ 60 сылынан,
Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ уонна Тыыл бэтэрээнэ, Харбалааҕы төрүттэспит
Колотинскай Петр Гаврильевич төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах
«Үлэни өрө тутан»
оскуола орто уонна үрдүкү сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар ыытыллар Колотинскай П.Г. айымньыларын ырытыыга улуустааҕы куонкурус
БАЛАҺЫАННЬАТА
Тэрийээччилэр: Бырааттыы Мординовтар музей сэбиэдиссэйэ Васильева С.А., Харбалаахтааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Федорова А.А., Колотинскай П.Г. оҕолоро, сиэннэрэ.
Сыала- соруга: Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ уонна Тыыл бэтэрээнэ Колотинскай Петр Гаврильевич сырдык аатын үйэтитии.
- Оҕоҕо төрөөбүт тылын баайын, дириҥ ис хоһоонун туһунан өйдөбүлү иҥэрии;
- Оҕо сахалыы санаатын этэр сатабылларын сайыннарыы;
- Айымньыны ырытар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы;
- Үлэҕэ үтүө сыһыаны, олоххо тапталы иитии.
Ыытыллар күнэ: Муус устар 25 күнүттэн ыам ыйын 13 күннэрэ.
Ыытыллар сирэ: Таатта улууһа, Харбалаах сэл., Харбалаахтааҕы библиотека.
Кыттыыны ылаллар:
1 сүһүөх – Таатта улууһун оскуолаларын 5-8 кылаастарын үөрэнээччилэрэ;
2 сүһүөх – Таатта улууһун оскуолаларын 9-11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ.
Сүрүн ирдэбиллэр.
- Колотинскай П.Г. айымньыларын ырытыы дакылаат А4 форматка Тimes New Roman шрифтынан толоруллар. Шрифт размера 14, строкалар икки ардылара – 1,5 буолар.
- Дакылааты, сылаайданы, анкетаны (анкета формата сыһыарыыга баар), взнос төлөммүтүн туһунан квитанцияны harbi2018@mail.ru электроннай почтаҕа ыам ыйын 12 чыыһылатыгар дылы ыытыллар.
- Дакылааты сылаайдалаах көмүскүүллэр. Сылаайда ахсаана 12-тэн элбэх буолбат.
- Титульнай илиискэ дакылаат темата, үөрэнээччи уонна салайааччы аата суруллар, оскуолата, кылааһа ыйыллар.
- Дакылаат көмүскээһинэ ыам ыйын 13 күнүгэр Тelemost сыһыарыы нөҥүө буолар.
Сыаналанар:
- Айымньы ис хоһоонун арыйыы;
- Оҕо айымньыны ырытыыга туттубут ньымалара;
- Оҕо бэйэтин тылынан тиийимтиэтик, итэҕэтиилээхтик кэпсиир дьоҕура;
- Этикиэти тутуһуу.
Наҕараадалааһын:
1 бөлөх кыттыылаахтарыгар: 1 миэстэҕэ – 5000 солк., 2 миэстэҕэ – 3000 солк., 3 миэстэҕэ 1000 солк. Ону таһынан 500 солк бириэмийэлээх 5 номинация баар буолар.
2 бөлөх кыттыылаахтарыгар: 1 миэстэҕэ – 5000 солк., 2 миэстэҕэ – 3000 солк., 3 миэстэҕэ 1000 солк. Ону таһынан 500 солк бириэмийэлээх 5 номинация баар буолар.
Бары кыттааччыларга туоһу суруктар туттарыллыахтара.
Куонкурус кыттыылаахтарыттан 100 солк. взнос ирдэнэр. Взноһу 89142909437 нүөмэргэ (Татьяна Петровна М.) ыытыллар.
harbi2018@mail.ru электроннай почтаҕа ыам ыйын 12 чыыһылатыгар дылы ыытыллар:
- Дакылаат,
- Сылаайда,
- Толоруллубут анкета (анкета формата сыһыарыыга баар),
- Взнос төлөммүтүн туһунан квитанция.
Билсэр төлөпүөннэргит: 89142964656 Дария Владимировна, 89141109226 Акулина Атосьевна, 89142250745 Сардаана Александровна.
Гаврил Петрович Колотинскай аҕатын, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕун, Үлэ уонна Тыыл бэтэрээнин, Харбалааҕы төрүттэспит Петр Гаврильевич Колотинскай туһунан сэһэргиирин бырааттыы Мординовтар ааттарынан музей сэбиэдиссэйэ Сардаана Александровна Васильева устуутун сэргээҥ!