1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 3,00 out of 5)
Загрузка...
154 views

Былатыан ыччаттара

Кулун тутар 29 күнүгэр Хадаайы литературнай- художественнай музейыгар Саха ойуулуур- дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи, Саха АССР народнай худуоһунньугар  Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар ,Таатта улууһугар ЭРЭЛ.ТАПТАЛ.ИТЭҔЭЛ сылыгар аналлаах  «Былатыан ыччаттара» улуустаа5ы эдэр ыччаттарга 4 сылын ыытыллар олус интириэһинэй күрэх буолан ааста.

Орто Амма нэһилиэгин аатыттан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуугун эдэр  специалистара  Громов Андрей Альбертович , Старостина Кристина Игнатьевна, Тарасов Геннадий Михайлович кытыннылар уонна «Кэрэни кэрэхсээччилэр» анал аатын ыллылар.

 

Уопсайа 9 хамаанда, 4 түһүмэҕи  ааһан,тымныыны- тымныы диэбэккэ, үөрэн-көтөн бары көхтөөхтук кытыннылар.

Күрэс түмүгүнэн Игидэй нэһилиэгин   маҥнайгы хамаандатын ыччата  кыайылаах кубогын  ылла. 2 миэстэни Ытык-Күөллээҕи «Кэнчээри» оҕо уҥуйаана, 3 миэстэни «Пенсионнай» тэрилтэ хамаанаандата ылла.

 

 

 

Түгэнинэн туһанан ХОК зам.начальнигыгар Егорова Ульяна Васильевнаҕа, кыттыыны ылбыт эдэр ыччаттарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *