1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
129 views

Өбүгэлэрбит өлбөт- сүппэт үйэлээх үгэстэрэ

Ыам ыйын 22 күнэ сахаларга улахан суолталаах кэм. Бу кэми кинилэр, кыстыгы этэҥҥэ туораан, саҥа дьылы көрсөр күннэрин ааҕаллар. Итэҕэл быһыытынан сахаларга бу күн  Үрдүк Айыылартан Иэйэхсит хотун сиргэ түһэр.Ол иһин Иэйэхсит хотуну көрсүү сиэрэ- туома ыытыллар.  Бу күн өбүгэлэрбит айылҕаҕа тахса, сир- дойду иччитин Аан Алахчын хотуну алҕаан, ытыктаан, хатыҥ маска салама ыйыыллар.

Салама ыйааһына  диэн сахаларга биир ытыктанар сиэр- туом буолар.Саламаны саас от- мас тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, айыылар, иччилэр саамай кэтэспит, сылаанньыйбыт кэмнэригэрыйыыллар.
Ыам ыйын 22 күнүгэр — Сааскы Ньукуолун  улахан суолталаах күн.Бу күн биһиги айылҕаҕа чугаһыыбыт, күөххэ тахсан, кэҕэ этэрин истэбит, мутукча сытын ылан дуоһуйабыт, ньургуһун тыллыбытын көрөн үөрэбит, ыраас салгынынан тыынан чэбдигирэбит. Ньукуолун чэчиэринньигэр алаадьы астаан сидэрин аһаталлар, кус сииллэр.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *