Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан ыам ыйын 25 күнэ «ОҺУОХАЙ» күнүнэн былырыын балаҕан ыйыгар биллэриллибитэ. Оһуохай күнүн сүрүн соруга — саха төрүт үҥкүүтүн «Оһуохайы» харыстааһын уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы.
Оһуохай — сахалар түҥ былыргы үҥкүүлэрэ. Оһуохайдыырга элбэх киһи эргимтэҕэ туран анал хатыланар хамсаныылары оҥоро-оҥоро уонна биир киһи (оһуохайы этээччи) тылын үтүктэн ыллыы-ыллыы күн хоту эргийэллэр.
Орто-Амма нэһилиэгин олохтоохторо «Оһуохай күнүн» уруйдаан, тэрээһин Парфенова Варвара Алексеевна, Кулачикова Софья Николаевна, Хантайар Туллук Охоноон кыыһын хомустарын тыаһынан, алгыстарынан саҕаланна. Варвара Алексеевна оһуохайыга ыҥырда, биир-биир ыалдьыттар сиэттистилэр, этээччилэртэн эдэр эрчимнээх Владимир Оконешников, онтон Харбалаах үөрэх холбоһугун уйулҕа учуутала Иван Иванович Готовцев, олохтоох балыыһа үлэһитэ Валентина Тарасовна Рахлеева, Октябрина Сергеевна Захарова, Гаврил Петрович Колотинскай илии илиилэртэн ылсыһан, тоҥолохтортон тутуһан, эрчимнээхтик оһуохайга эргиттилэр.